Выезд по строй объектам села Сунтар

29.04.2020 3:01 0

Выезд по строй объектам села Сунтар

Муус устар 28 күнүгэр, Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, тутуу комплексын управлениятын начальнига Иван Егоров, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров уонна роспотребнадзор исписэлииһэ улууспут киинигэр бара турар тутууларга "Коронавирус" инфекциятын утары сэрэтии өттүнэн бэриллибит ирдэбиллэр хайдах туолан иһэллэрин көрдүлэр-иһиттилэр, тустаах эппиэтинэстээх салайааччылары көрсөн үлэ хаамыытын, хачыстыбатын билистилэр.

Биһиги улууска тутуу эбииэктэригэр уопсайа 111 киһи үлэлиир, олортон 61 олохтоох дьон, 31 атын улуустартан кэлбиттэр уонна 19 тас дойдуттан тохсунньу, олунньу ыйдарга кэлбит үлэһиттэр үлэлииллэр.

"РТС" түөлбэҕэ 240 миэстэлээх саҥа оҕо саадын дьиэтин тутуутугар уопсайа 29 киһи үлэлиир. Олортон Билигин сваялар түһэн, бетонунан отмост оҥоруутугар уонна фундамент уурааһыныгар киирбиттэр. Эбии каменьшик үлэһит тийбэтин иһитиннэрдилэр.

"Абаҕа" түөлбэҕэ саҥа тутуллар культурнай спортивнай комплекс үлэтин көрдүлэр-иһиттилэр, онно олохтоохтортон 6 киһилээх биригээдэ ылсан үлэлии- хамсыы сылдьар. Тутуу матырыйааллара барыта кэлэн, үлэ болдьохтоммут былаанынан баран иһэр. Билигин фундаментнай плита уонна кумах кутааһынын үлэтэ ыытыллар.

Выезд по строй объектам села Сунтар

"Бартыһаан" түөлбэтигэр хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамматынан ыытыллар элбэх квартиралаах таас дьиэ тутуллар. Эбийиэккэ олохтоохтортон 20 кэриҥэ дьон үлэлиир. Былаанынан дьиэ эһиил үлэҕэ киириэхтээх.

Нэһилиэк килбэйэр киинигэр турар 5 этээстээх таас дьиэ салҕааһыныгар үлэ ыытыллар. Онно дьиэ ис өттүгэр вентиляция, провод тардыытын үлэтэ барар.

Октябрьскай уулуссаҕа, көтүрүллүбүт мас дьиэ оннугар элбэх квартиралаах саҥа таас дьиэ тутуута бара турар. Онно атын улуустартан уонна олохтоохтортон уопсайа 19 киһилээх биригээдэ үлэни ыытар. Билигин свая түһэриллэр.

Выезд по строй объектам села Сунтар

Албан Аат болуоссатыгар тас дойдуттан уонна олохтоохтортон 8 киһилээх биригээдэ үлэлиир. Эбийиэккэ умуллубат кутаа уот турар сиригэр мраморнай плитка ууруллан, билигин суругун-бичигин уонна уотун холбооһунугар үлэ ыытыллар. Ону сэргэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын ааттарын постамена оҥоһулла турар уонна болуоссат тула өттун тимиринэн оҕуруоттааһын үлэтэ барар.

Болуоссат аттынааҕы уулуссаҕы суолга өрөмүөн үлэтэ барар, онно олохтоохтортон 4 улахан тиэхиникэлээх биригээдэ үлэлиир. Билигин сири тэҥнээн буор, гравий кутуута бара турар, сир ирдэҕинэ уу ыытар хоруу хаһыллара былааннанар.

Куһаҕан үчүгэйдээх – диэн мээнэҕэ эппэттэр, билигин бүтүн Аан дойдуга "Коронавирус" дьаҥа тарҕанан турдаҕына тас дойдулартан үлэһит кэлэрин тохтотон, олохтоох дьону саҥа тутулла турар эбийиэктэргэ үлэҕэ ыларга диэн быһаарыныы ылыныллыбыта.

"Сунтаар улууhа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Источник

Следующая новость
Предыдущая новость

Назван самый вероятный конец человеческой цивилизации

Последние новости