Сурук-бичик күнүгэр – кинигэ быыстапката турда

15.02.2020 9:11 2

Сурук-бичик күнүгэр – кинигэ быыстапката турда

Олунньу 13 кунугэр Өксөкүлээх Өлөксей аатынан Норуоттар до5ордоһууларын дьиэтигэр үөрүүлээх күн - төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ. Саха Республикатын араас муннугар төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр, быыстапкалар буола тураллар. Ол курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар до5ордоьууларын дьиэтин Ресурснай образовательно-методологическай киин дьоҕус библиотеката уонна Саха Республикатын Национальнай библиотекатын, Олунньу 13 күнэ - Төрөөбүт тыл, сурук бичик күнүгэр уонна Олунньу 21 кунэ - Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күнүгэр аналлаах кинигэ быыстапката турда.

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэһиннэрэн, олунньу 13 кунэ, сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаһал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.

1917 сыллаахха Семен Андреевич Новгородов латинскай алфавикка олоҕуран, сахалыы маассабай алфавиты оҥорбута. «Сахалыы сурук-бичик» диэн кинигэни таһаарбыта. Онтон С.А. Новгородов салалтатынан суруллубут «Бастааҥҥы сурук-бичик» 1923 с. «Сурук-бичик», «Ааҕар кинигэ» тахсыбыттара. Саха республикатын правительствота 1924 с. Новгородов алфавитын официальнай алфавит быһыытынан билиммитэ. Букварь уонна саҥа алфавит көмөтүнэн оскуолаҕа оҕолору төрөөбүт тылынан уөрэтэр кыах баар буолбута, сахалыы сурук-бичик түргэнник тарҕанан барбыта. Бастаан 1917 с. онтон 1922 сыллаахха кини “Бастааҥҥы сурук-бичик» диэн буквара, онтон Ааҕар кинигэтэ бэчээттэммиттэрэ. Оскуолаҕа ити кинигэлэринэн сахалыы үөрэнэн барбыттара. Сотору балачча элбэх хаһыат, сурунаал, учебник, уус-уран айымньылар бэчээккэ тахсан испиттэрэ. Республика үрдүнэн үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэхтээһин үлэтэ тэнийбитэ. Оччолорго үгүс киһи, оскуолаҕа үөрэммэккэ сылдьан эрэн, сахалыы ааҕар, суруйар буолтара.

Сурук-бичик күнүгэр – кинигэ быыстапката турда

Араас норуот тылын култууратын харыстыыр, сутэрбэт сыалтан Аан дойдутаа5ы төрөөбүт тыл күнүн туһунан ЮНЕСКО генеральнай конференциятын 30-с сессиятын быһаарыытынан 1999 сыллаахха бигэргитиллэн олунньу 21 кунун 2000 сылтан са5алаан сылын аайы бэлиэтиир буолла.

Бүгүн биһиэхэ дьоҕус быыстапка турда. Ол курдук Россия улуу судаарыстыбатыгар араас омуктар сомоҕолоһон олороллор, хас биирдии норуокка, кини тылыгар, култууратыгар, итэҕэлигэр хас биирдиибит убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа улуу нуучча омугун тыл туһунан көрүүлэр, үлэлэр, нуучча тылын уөрэтии тирэхтэрин туһунан, нуучча улуу норуоота Саха сиригэр кэлэн олохсуйууларын историята, атын тылга сыһыанын туьунан кинигэлэр, Аҕыйах ахсааннаах омуктар, холобур, эбэнки тылынан суруллубут айымньылар, тылдьыттар, түүрк омуктар тылларынан туһунан филология хайысхатынан үлэлэр, нуучча тюркологтара узбек тылын туһунан улэлэрэ, алтай омугун Ойротскай эпохатын кэминээҕи үһүйээн, алтай туһунан аман-өс кинигэтэ, киргиис тылынан тахсар сурунааллар, манааһа, кылгас тэттик кэпсээннэрэ, хоһоонноро, таджик тылын туһунан, фонетикатын үөрэтии туһунан кылгас очеркалар турдулар.

Источник

Следующая новость
Предыдущая новость

Назван самый вероятный конец человеческой цивилизации

Последние новости