Оперштаб Сунтарского района провел совещание с другими районами республики

15.06.2020 16:51 1

Бэс ыйын 15 күнүгэр, СӨ үрдүнэн кииннэммит суһал штаб салалтатын кытта улуустар «Коронавирус» инфекциятын утары сүбэ мунньах ыыттылар.

Мунньахха сүрүннээн уопсай балаһыанньаны торумнаатылар, СӨ Ил Дархан ыйааҕынан бу күнтэн саҕалаан сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолоро тыа сиригэр каникулга кэлэр түгэннэригэр, төрөппүт олохтоох дьаһалтаны эрдэттэн сэрэтэн биллэриэхтээх. Олохтоох дьаһалта оҕолору кэлбит сирдэринэн учуокка ылан хонтуруолга тутуо.

Ыаллыы сытар Мииринэй, Ньурба уонна Үөһээ-Бүлүү оройуоннарыгар ыарыы турбутунан сибээстээн олохтоох нэһилиэнньэҕэ сэрэтии уонна бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Онон сибээстээн улууска кэлии-барыы боппуруоһугар пропускной система паромҥа туоруурга олохтоммута. Пропускной система – дьон кэлэрин-барарын хааччахтыыр миэрэ буолбатах, бу барыта дьаҥ ыарыыта тарҕамматын диэн бэйэни харыстанар сыалтан, ким хантан, хаһан кэлбитин учуоттаан суһал миэрэ ыларга аналлаах.

Билигин атын оройуоннартан кэлбит дьон испиэһэгэ чопчуланан улуустааҕы суһал штаб чилиэттэрэ кинилэри кытта самоизоляция боппуруоһугар үлэ бара турарын иһитиннэрдилэр. Билиҥҥи туругунан Сунтаарга уопсайа 3 обсерватор баар. Бастакы нүөмэрдээх обсерваторга - 1 киһи, иккис нүөмэрдээххэ – 2, үһүс нүөмэрдээххэ 2 дьон бааллар. Атын регионнартан кэлбит 13 киһи Роспотребнадзор уведомлениетын ылан дьиэлэригэр самоизоляцияҕа олороллор.

Сунтаардааҕы суһал штаб пресс-сулууспата.

Источник

Следующая новость
Предыдущая новость

Назван самый вероятный конец человеческой цивилизации

Последние новости