Олоҥхо Дойдутугар Алгыс түстээһин, сиэр-туом күнэ

21.06.2020 12:21 1

Бэс ыйын 21 күнүгэр, Сунтаар улууһугар куйаар ситим нөҥүө ыытыллар “Ытык Алгыс күнэ” тосхойдо. Алгысчыппыт Иван Васильев Үрдүк Айыы иччилэри үрүҥ кымыһынан күндүлээн, түптэ унаар сытынан дьоно-сэргэтэ нус-хас олохтоох буоллун диэн алгыс тылын анаата.

Үтүө күҥҥэ ыһыах ыһар Добун түһүлгэбитигэр сахалыы мандардаан тутуллубут Моҕол ураһаҕа Улуус мунньаҕын депутаттарын 18-с сессиятын быһаарыытынан «Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэлэри улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Сергей Иванов туттардылар.

Ол курдук Сунтаар улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылаатын иһин, олохтоох бэйэни салайыныы тутулугар уонна сайдыытыгар өр сыллаах үлэтин, аарыма үтүөтүн иһин Наахара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Алексеев Петр Игнатьевичка уонна паартыйа, спорт, тыа хаһаайыстыбатын, сыана бэтэрээнигэр, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Васильев Серафим Павловичка, Сунтаар улууһун олорор дьиэ коммунальнай хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүдү кылаатын иһин олох-дьаһах хаһаайыстыбатын бэтэрээнигэр, Кутана нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Винокуров Александр Дмитриевичка, Сунтаар улууһун доруобуйа харыстабылын салаатыгар өр сылларга нэһилиэнньэ доруобуйата чөл туруктаах буоларыгар таһаарыылаах үлэтин иһин СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгунугар, норуот эмчитигэр Дохунаева Анна Васильевнаҕа, Сунтаар улууһун үөрэҕириитигэр үтүөтүн, үүнэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр үлэ сайдыытыгар өҥөтүн, олохтоох бэйэни салайыныы туруктаах буолуутугар тус кылаатын иһин РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин бэтэрээнэ, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Лидочен Николай Васильевичка, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин ситимин сайдыытыгар тус кылаатын иһин СӨ үөрэҕириитин туйгунугар , РФ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитигэр, А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэригэр Матвеев Афанасий Спиридоновичка, Сунтаар улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар сүрүннүүр кылаатын, олохтоох бэйэни салайыныы, нолуогабай сулууспа туруктаах буоларыгар аарыма үтүөтүн иһин Арассыыйа Бэдэрээлинэй нолуогабай сулууспа СӨ салалтатын салайааччытыгар Федорова Алена Афанасьевнаҕа, Сунтаар улууһун төрүт культуратын сайдыытыгар сүрүннүүр кылаатын, өр сылларга норуот уус-уран айымньытын киэҥ араҥаҕа таһааран дьон-норуот иннигэр үрдүк ирдэбиллээх үлэтин иһин үлэ бэтэрээнигэр, СӨ култууратын туйгунугар, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Яковлев Прокопий Николаевичка «Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» ааттары иҥэрдилэр.

Ону таһынан бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ Аан Дойду үрүҥ халааттаах аанньаллар, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.

СӨ доруобуйа харыстабылыгар өр сыллаах үлэтин, нэһилиэнньэ чөл туруктаах буолуутугар сүдү кылааттарын иһин СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Бочуоттаах бэлиэни Сунтаардааҕы киин балыыһа сиэстирэтигэр Морозова Татьяна Дмитриевнаҕа, СӨ доруобуйа харыстабылын министерствотын Бочуотунай грамотатын Сунтаардааҕы киин балыыһа сиэстирэтигэр Петрова Анна Алексеевнаҕа, Сунтаар улууһун доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар кылаатын иһин Бочуотунай бэлиэни доруобуйа харыстабылын бэтэрээнигэр Кугасова Елизавета Дмитриевнаҕа туттардылар.

"Сунтаар улууhа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Источник

Следующая новость
Предыдущая новость

Назван самый вероятный конец человеческой цивилизации

Последние новости