Айсен Николаев поздравляет с Днём Республики Саха (Якутия)

27.04.2019 7:23 7

Айсен Николаев поздравляет с Днём Республики Саха (Якутия)

Уважаемые якутяне!

27 апреля занимает особенное место в нашем календаре. Ровно 97 лет назад в этот день Якутия приобрела государственность – Президиум Всесоюзного Центрального исполнительного комитета СССР издал декрет об образовании Якутской Автономной Советской Социалистической Республики. А спустя 70 лет, в 1992 году, вступила в силу новая конституция республики, которая определила статус Якутии как субъекта Российской Федерации.

Сегодня Якутия является одним из динамично развивающихся субъектов Российской Федерации. За прошедшие годы нам удалось обеспечить стабильное и поступательное движение вперед, сделать большой рывок в социально-экономическом развитии республики, достичь успехов в образовании, науке, здравоохранении и других сферах.

Все это стало возможным благодаря прочному фундаменту, который заложили для развития Якутии основатели республики, великие сыны народа саха Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Платон Ойунский и другие.

Наша республика богата природными ресурсами, уникальной природой, высокими технологическими и научными достижениями, но самое главное ее достояние – это замечательные, необычайно талантливые, творческие и трудолюбивые люди. Именно вы, якутяне, своим ежедневным трудом созидаете настоящее и будущее нашей республики и страны в целом.

Опираясь на лучшие традиции нашего многонационального народа, сохраняя мир и согласие, используя современные подходы и эффективные пути развития, мы решим стоящие перед нами задачи, обеспечим Якутии достойное будущее!

Дорогие земляки!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с этим замечательным праздником! Желаю вам успехов, процветания и новых свершений на благо нашей Родины!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Муус устар 27 күнэ биһиги халандаарбытыгар уһулуччу суолтаны ылар. Бу Сахабыт сирэ судаарыстыбаннас ылыммыт кэрэ-бэлиэ күнэ. Лоп курдук 97 сыл анараа өттүгэр ССРС Киин толорор кэмитиэтин Бүтүн Союзтааҕы президиума Саха Автономнай Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэни тэрийэр туһунан бэртээхэй декрети таһаарбыта. Оттон 1992 сыллаахха, ити түгэнтэн номнуо 70 сыл ааспытын кэнниттэн, Саха сирэ Арассыыйа Федерациятын субъега буоларын быһаарар өрөспүүбүлүкэ саҥа конституцията олоххо киирбитэ.

Бүгүн Саха сирэ – Арассыыйа Федерациятын биир үрдүк тэтимнээхтик сайдар субъега. Ааспыт сылларга өрөспүүбүлүкэ бигэ туруктаах буоларыгар, иннин диэки киэҥник хардыылаан, олох-дьаһах өттүнэн күүскэ сайдарыгар, үөрэххэ, наукаҕа, доруобуйа харыстабылыгар уонна да атын салааларга үрдүк чыпчааллары дабайарга сүҥкэннээх үлэ ыытылынна.

Ити барыта Сахабыт сирэ бөҕө-таҕа акылааттаах буолан кыаллынна, сатанна. Ону уурбут-туппут дьоммутунан – өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит, сахабыт норуотун улуу уолаттара Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай уо.д.а. буолаллар.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сирин-уотун баайынан, ураты кэрэ айылҕатынан, технологияҕа уонна наукаҕа үрдүк ситиһиилэринэн аатырар. Ол гынан баран Сахабыт сирин саамай сүрүн баайа – ураты талааннаах, туруу үлэһит, үтүө майгылаах дьоно-сэргэтэ буолар. Сахам дьоно, эһиги күннээҕи үлэҕитинэн-хамнаскытынан өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду бүгүҥҥүтүн уонна инникитин айаҕыт-тутаҕыт, кэскиллээх аартыктары арыйаҕыт.

Биһиги элбэх омуктаах норуоппут бастыҥ үгэстэригэр тирэҕирэн, эйэнэн уонна биир санаанан, сайдыы билиҥҥи көдьүүстээх суолларын туһанан иннибитигэр турар бары соруктары толоруохпут уонна Сахабыт сиригэр инникитин үтүө-байылыат олоҕу хааччыйыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин!

Күндү биир дойдулаахтарым!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм бу бэртээхэй бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар үтүөнү, сырдыгы уонна төрөөбүт Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар саҥа ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

Источник

Следующая новость
Предыдущая новость

Назван самый вероятный конец человеческой цивилизации

Последние новости